Кулун тутар 1 күнүгэр М.С.Егоров аатынан Ньурбатааҕы 2-с №-дээх орто оскуолаҕа Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыт тэрээһиҥҥэ Ньурба тыйаатырыттан СӨ норуодунай артыыһа Борис Борисов уонна администратор Рустам Аммосов кытыннылар.

Бу туһунан тэрийээччи, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Иннокентьева Л.Р. кэпсээтэ: «Бүгүн саха тылын методхолбоһугун учууталлара Иннокентьева Л.Р., Тимофеева А.А., Степанова У.И., омук тылын  учуутала Григорьева  В.Д. көҕүлээһиннэринэн «Өксөкүлээх  күнэ» тэрээһин  буолан ааста. Бу күн учууталлар  А.Е.Кулаковскай туһунан, кини үлэлэрин, араас  хайысхаҕа көрүүлэрин уруоктарыгар туһаннылар, оҕолорго кэпсээтилэр. Тэрээһин  ыалдьыттарынан буоллулар Ньурба государственнай драматическай театрыттан СР норуодунай артыыһа Борис Иванович Борисов уонна театр администратора Рустам Аммосов. Борис Иванович Өксөкүлээх «Байанай алгыһа» саха бастакы литературнай айымньытын уус-ураннык өйтөн иэйиилээхтик аахпытын оҕолор олус сэргээн иһиттилэр. Ол курдук сахалыы тыллар дьиктитик дьүөрэлэһэн тахсар ураты дорҕооннордоох Өксөкүлээх хоһоонноро оҕолор ытыстарын тыаһынан доҕуһуолланна. Борис Иванович хас хоһоон аахтаҕын аайытын, поэт уус-уран айымньыларын ис хоһооно өссө  дириҥээн, суолталанан,  саҥаттан арыллан  иһэрэ болҕомтону тарта, төрөөбүт тылбыт ураты кэрэтин, баайын туоһулаата. Борис Иванович аахпыт Савва Тарасов Өксөкүлээххэ анаан суруйбут  «Ол улуу киһи барахсан» хоһоонугар,  Өксөкүлээх Өлөксөй  «Байанай алгыһа», «Сайын кэлиитэ»  айымньыларыгар баар умнуллубут тыллар суолталарын оҕолорго быһааран биэрдэ. Театр администратора Рустам Аммосов Ньурба театрын саҥа дьиэтин, артыыстар тустарынан видеоролик көрдөрдө, Пушкинскай карта суолтатын, хайдах туһанары кэпсээтэ.Оҕолор кэрэ эйгэтин кэрэһиттэрин кытта алтыһан сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн ыалдьыттарга махтаннылар, өссө даҕаны кэпсээн кэһиилээх көрсүһүүлэри күүтэллэрин эттилэр».

Похожая запись