Үөһээ Бүлүү улууһугар гостуруоллуур айар бөлөх кыттааччылара балаҕан ыйын 26,27 күннэригэр Оҥхой, Нам нэһилиэктэригэр кырачаан көрөөччүлэргэ “Тили-милитрямдия” остуоруйаны уонна “Ийэ сүрэҕэ” испэктээги көрдөрдүлэр. Артыыстар Симон Петрович Федотов аатынан Оҥхой сүрүн оскуолатыгар сылдьан үөрэнээччилэри кытта көрүстүлэр, артыыс идэтин, Ньурба тыйаатырын үлэтин туһунан кэпсээтилэр. Оскуола кэлэктиибин үлэһиттэрэ ыытар үлэлэрин, тыйаатыр куруһуогун былааннарын сырдаттылар, баҕаларын тиэртилэр, өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттардылар.
Бүгүн айар бөлөх испэктээктэри Үөһээ Бүлүү олохтоохторугар көрдөрүөҕэ оттон балаҕан ыйын 29 күнүгэр Хоро нэһилиэгэр күһүҥҥү гостуруолу түмүктүөҕэ.