Биэс сыл ынараа өттүгэр 2019 с. сэтинньи 4 күнүгэр Ньурба тыйаатырын режиссера       Маргарита Васильева-Хотууна уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Майя Слепцова «Эбээ Маайа» диэн сахалыы Ютуб ханаалы  тэрийбиттэрэ. Ханаал билигин 11  тыһыынча сурутааччылаах, Майя Петровна саха классик суруйааччыларын, аныгы кэм суруйааччыларын айымньыларын, остуоруйалары аахпытын дьон олус сөбүлээн истэр.       Ньурба тыйаатырыгар “Ускуустуба түүнэ” Арассыыйа үрдүнэн ыытыллыбыт аахсыйа чэрчитинэн сэтинньи 4 күнүгэр ыытыллыбыт тэрээһин «Эбээ Маайа» ханаал биэс сааһыгар ананна.  Бу күн ханаал 500-с үбүлүөйдээх таһаарыыта таҕыста. Майя Петровна тэрээһиҥҥэ мустубут дьон иннигэр СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнин,  “Ньурба уоттара” литературнай түмсүү кыттааччытын, хоһоонньут, суруналыыс Ольга Васильевна Софронова — Суһум «Оҕо сааһым кустуга» кинигэтигэр киирбит икки кэпсээнин аахта.  Маргарита Борисовна тоҕус кэпсээн аудиоуһуллуутун  тута «ЭБЭЭ МААЙА» ханаалга киллэрдэ. Таһаарыыны  уонна тэрээһин түгэннэриттэн Маргарита Васильева-Хотууна таҥан оҥорбут видеотын «Эбээ Маайа», Ньурба тыйаатырын телеграм ханаалларыгар  сэргээн истиҥ, көрүҥ!

https://t.me/ebeeMaya/35

https://t.me/nrbteatr/3226

       Майя Петровна  эдьиийэ Парасковья Сокольникова эҕэрдэлиир: “Иитиллэр ийэ тылбыт — сахабыт тыла …атыйахтаах уу курдук ытыллар түһүүлээх- тахсыылаах бу кэмҥэ тыыннаах хаалара дуу,умнууга барара дуу ыйааһын хараҕар ууруллан турар уустук кэмигэр эмискэ маннык ааҕыыны аһан, Майя  Петровна сатаан көрбөт,сорох кырдьаҕас, кыаммат, ардыгар дьиэҕэ үлэни толорор үөрэнээччилэр телефоннарын таһааран, уу сахалыы тылынан суруллубут саха суруйааччыларын айымньыларын  истэр кыахтаммыттара…Онто кылгас кэпсээн эрэ буолбат…сороҕо сэһэн,сороҕор роман,онтубут 1 кинигэ  буолбат,аны халыҥ бэйэлээх 2-3 кинигэлээх роман..»Сааскы кэм», » Хара кыталык», «Сүрэх тэбэрин тухары»…- барытын ситэн суруйбаккын..аҥардас аатын да испииһэгэ уһун..ону Майя эбээ сүрүн айар үлэтин таптыыр театрыгар үлэлээн,ардыгар сиэн көрсөн  хоноһолонон олорон. .быыс булан бу олус наадалаах!!! диэнинэн салайтаран сылайбакка кинигэ көрдөнөн,эргэ баҕайы тахсыы  буквата да эрэйинэн көстөр кинигэлэри көрдөөн,көрдөһөн булан ааҕан кэллэ…туһугар туспа сыра..Эбээ Маайа оҕолорго анаан тэттик айымньылары бастаан сиэттэригэр ааҕан онтон улам сайдан туһатын өйдөөн, сатаан сыаналаммат сыралаах үлэни оҥоро сылдьаргыттан үөрэбин,хайгыыбын,оҕоҥ Маргарита көмөлөһөн улам сайдан,ыыра кэҥээн иһэриттэн  сахалыы сэмэй эҕэрдэбин ыыттаҕым буоллун.Санаабыккыт сатанан истин,ылсыбыккыт ыпсан истин,саха тылынан хотугу омуктарбыт,омук суруйааччыларын тылбаас айымньыларын ааҕаргыттан үлэҥ — ааҕыыҥ  суолтата кэҥиир,дириҥиир..көстүбэт көмүс муоста,кустук курдук араас дьүһүнүнэн күлүмүрдээн көстөн кэлэр ээ..Айар үлэ, көлүөнэ ситимэ өссө ыыра, суола кэҥээн кэтирээн,сырдаан иһэр курдук,дириҥ суолталаах, туһалаах «Эбээ Маайа» ханаалыҥ сайда турдун дуу, сылайыма — сыраҥ тиллиэ,туһата уон оччонон үрдүө.”

Ханаал сурутааччыта, ханаал эмблематын ааптара худуоһунньук Камилла Михайлова: «Эбээ Маайа» ютуб канаал бэлиэ күнэ үүммүтүнэн итии истиҥ эҕэрдэ Майя Петровнаҕа! «Эбээ Маайа» ютуб канаал үлэтин саҥа саҕалыырыгар Маргарита Борисовна эмблема наада буолла диэн миэхэ эппитигэр мин үөрүүнү кытта сөбүлэспитим. Этэргэ дылы, уруһуйга даҕаны кимиэхэ анаан уруһуйдуургуттан эмиэ элбэх тутулуктаах. Хаппырыыс дьон киэнэ табыллан испэт, уларытыыта элбэх, сылаалаах буолан барар оттон “Эбээ Маайаҕа” уруһуйдуурбар сүрдээх чэпчэкитик, холкутук, иэйиилээхтик табыллыбыта, инньэ гынан Маайыс курдук ыраас сырдык салгыннаах эмблема күн сирин көрбүтэ!Бу канаалга кыра да буоллар кыттыгастаахпын диэн үөрэ саныыбын! «Эбээ Маайа» Ютуб ханаала өссө да сайда, саҥа сурутааччылана уонна сэргээн истэр истээччилэрдэнэ турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.”

   

Похожая запись