Бүгүн, Судаарыстыбаннас күнүгэр, Ньурба тыйаатырыгар Түмүк нэhилиэгин Валентина Васильевна Егорова салайааччылаах “Алгыс” эбээлэр түмсүүлэрин кыттааччылара ыалдьыттаатылар. Валентина Васильевна Ньурба тыйаатырын кытта сибээстээхтик үлэлиир, тыйаатыр артыыстарын Ньурба оройуонугар уһуллубут киинэлэргэ, араадьыйанан биэриилэргэ кытыннарбыта. Түмүк нэһилиэгин эбээлэрэ нэһилиэк, оройуон олоҕор көхтөөхтүк кытталлар, өрөспүүбүлүкэ бырааһынньыгар сөп түбэһиннэрэн Ньурба куоракка араас специалистары көрүстүлэр, куорат бэлиэ сирдэригэр хаартыскаҕа түстүлэр, тыйаатырга СӨ норуодунай артыыската Валентина Николаева Иккис Ньурбатааҕы колхуоһунай тыйаатыртан саҕалаан историяны билиһиннэриитин иһиттилэр, түмэлгэ баар эскпонаттары көрдүлэр, кинигэ бэлэхтэрин туттардылар.
Түмсүү салайааччыта Егорова В.В.: «Ньурбабыт оройуонун олохтоохторун Саха Cудаарыстыбаннаhын күнүнэн эҕэрдэлиибит, бүгүн олохтоох дьаhалта баһылыгын солбуйааччы Егор Николаевич Гуляев өйөбүлүнэн Ньурба куоракка кэлэ сылдьан тыйаатыр киэҥ уораҕайыгар ыалдьыттаатыбыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыскатын Валентина Николаеваны, СӨ үтүөлээх артыыскаларын Александра Кривогорницынаны, Людмила Васильеваны көрсөн, кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэн, киэҥ ис хоһоонноох тыйаатыр түмэлигэр сылдьан астынан, сүргэбит көтөҕүллэн маннык киэҥ-куоҥ, тупсаҕай оҥоһуулаах тыйаатырдаахпытынан киэн тутта санаатыбыт, истиҥник көрсүбүт тыйаатыр кэлэктиибигэр махталбытын биллэрэбит.»
Ньурба тыйаатырын аатыттан олоххо көхтөөх Түмүк нэһилиэгин эбээлэригэр СӨ үтүөлээх артыыската Александра Кривогорницына алгыс тылын анаата.
А.Комогорцева хаартыскаҕа түһэриилэрэ