Бүгүн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр, Ньурба тыйаатырыгар Самсонова Лена Николаевна ыалдьыттаата. Кини Сахабыт араадьыйатыгар суруналыыһынан үлэлээбит, Ньурба тыйаатырын, Өрөспүүбүлүкэ тыйаатырдарын «Сата» фестивалын туһунан элбэхтэ сырдаппыт Ньурбаттан төрүттээх Анастасия Николаевна Амбросьева бииргэ төрөөбүт эдьиийэ буолар.
Лена Николаевнаны СӨ норуодунай артыыската Валентина Николаева, СӨ култууратын туйгуна Валентина Гаврильева, СӨ үтүөлээх артыыстара Александра Кривогорницына, Майя Слепцова,Людмила Васильева, Петр Винокуров көрүстүлэр, Ньурба тыйаатырын саҥа дьиэтин, тыйаатыр түмэлин көрдөрдүлэр.
А.Комогорцева хаартыскаҕа түһэриилэрэ