Бэс ыйын 9 күнүгэр Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр дириэктэрэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Николай Иванович Никитин 50 сааһын томточчу туолла.

Кини 1992 сыллаахха Убайаан орто оскуолатын бүтэрэн баран Өрөспүүбүлүкэтээҕи  култуура уонна ускуустуба коллеһыгар туттарсан Саха театрын иһинэн арыллыбыт театральнай студияҕа киирбитэ. Педагогтара Арассыыйа үтүөлээх артыыстара Симон Федотов уонна Ефим Степанов этилэр. Николай Иванович айар үлэтин Нерюнгритааҕы Куукуула уонна артыыс театрыгар саҕалаабыта. Нерюнгри тыйаатырыгар толорбут оруоллара: Николай Островскай «Таланты и поклонники» — Мигаев, Алампа «Уйбааныс» — Куола, Ленскэй «Простушка и воспитанная»-Слуга, Афонин Букатыгар –Аполлоша, Киплинг Таффитыгар – А5а, Самуил Маршак «Сказка о непослушном мышонке» — Ат,  Суорун Омоллоон Күөх Көппө куукула испэктээгэр Күөх көппө оруолларын толорбута.

        Биир сыл үлэлээн баран төрөөбүт Ньурбатыгар кэлэн  «Кыталык” култуура киинигэр биир сыл  методист быһыытынан үлэлии сырыттаҕына Саха АССР үтүөлээх артыыһа Петр Прокопьевич Николаев көрсөн  тыйаатырга үлэҕэ ыҥырбыта. 1998 сылтан Николай Никитин Ньурба тыйаатырыгар артыыс быһыытынан үлэтэ саҕаламмыта.  Саха Өрөспүүбүлүкэтин ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэллэрэ Юрий Макаров, Петр Скрябин, Александр Титигиров, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Розалия Тартакынова туруорбут испэктээктэригэр  барыта 50-тан тахса араас оруолу  толорбута.

Олортон ааттаталыыр буоллахха,  Достоевскай айымньытын матыыбынан Иван Иннокентьев «Трихина» инсценировкатыгар – Раскольников, Антон Чехов “Үс аҕас балыһыгар” –Соленай, Семен Ермолаев-Сиэн Өкөр “Иччитэх күлүктэригэр” Мэхээс,  Сиэн Чолбодук “Халлаан дьайҕара халлыах тустаах” испэктээгэр Мафиози, “Иччилээх иччитэх балаҕаныгар” Бүөччэ, “Хара суругар” Куола, Николай Якутскай “Араҥ уонна тапталыгар” Павловскай быраас, Өксөкүлээх Өлөксөй “Преступник Манчаарытыгар” Палач, Суорун Омоллоон “Күөх көппөтүгэр” Күөх Көппө, Василий Иванов Чиллэ “Күн Күбээдьэ бухатыыр” олоҥхотугар Уот Уһуудай, “Кэччэгэй рыцарь” диэн  Петр Николаев тылбааһыгар уонна туруоруутугар –Альбер, Юрий Макаров “Тапталын оонньуурдарыгар” Андрей, Сиэн Чолбодук “Манчаары тиһэх дьолугар” — Чаччыына, Алтаннаах, “Красота” испэктээккэ Уус уобарастара. 2007 сыллаахха Култуура уонна искусство Илин Сибиирдээҕи судаарыстыбаннай академиятыгар  үөрэнэн дыраама тыйаатырын уонна киинэ артыыһын идэтин ылбыта. Режиссураҕа холонон Самуил Маршак «Теремок»  остуоруйатын туруорсубута.

     2001 сыллаахха Ньурба тыйаатырын профсойууһун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитим.  2009 сыллаахха Ньурба оройуонун култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллан уон сыл үлэлээбитэ.  Оттон 2014 –2019 сылларга Ньурба оройуонун идэлээх сойуустарын сүрүннүүр сэбиэттэригэр бэрэссэдээтэллээбитэ. 2012 сылтан Ньурба тыйаатырыгар дириэктэри солбуйааччынан оттон 2023 сыл бэс ыйыттан дириэктэринэн ананан үлэлиир.   

      Ытыктабыллаах Николай Иванович, үйэ аҥардаах үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибит, эппиэтинэстээх үлэҥ аартыга арыллан, санаабытыҥ сатанан, туппутуҥ туолан үтүө түмүктэри аҕаллын. Ньурбаҥ тыйаатырын сайдыытыгар бэйэҥ сатабылгынан, мындыр өйгүнэн кылааккын киллэрэн, Ньурба тыйаатыра үрдүк ситиһиилэрдээх буола туруохтун! Дьиэ кэргэҥҥэр, чугас дьоҥҥор чэгиэн туругу, истиҥ-иһирэх тапталы, дьоллоох быр-бааччы олоҕу! Өрүүтүн үрдүк дабайыы, көтүү, чаҕылхай ситиһии эһигини  арыаллаатыннар!

Похожая запись