Ньурба тыйаатырыгар “Олоҥхо дьиэлэрин ситимин тосхоло” диэн култуура экспэдииссийэтин чэрчитинэн олунньу 3 күнүгэр Олоҥхо театра улуу олоҥхоһут Н.П. Бурнашев-Боодьоҕос уһулуччу айымньытынан “КЫЫС ДЭБИЛИЙЭ” испэктээги көрдөрдө.
Испэктээк иннинэ сценаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай советнига, «Геокультурнай сайдыы институтун» генеральнай дириэктэрэ Андрей Саввич Борисов, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария Васильевна Турантаева, “Ньурба оройуона” МО баһылыгын солбуйааччы Наталья Семеновна Петрова, Ньурба оройуонун култуураҕа департаменын салайааччыта Розалия Михайловна Тихонова уонна Ньурба тыйаатырын дириэктэрэ Юрий Алексеевич Макаров таҕыстылар.
Андрей Саввич экспедиция сыалын-соругун билиһиннэрдэ, Дьокуускайга Эпос киинэ тутулла турарын, Олоҥхону үйэтитиигэ ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ. Наталья Семеновна Ньурба тыйаатыра дьон-сэргэ олоҕор-дьаһаҕар дириҥ култуураны киллэрсэрин бэлиэтээтэ, Олоҥхо тыйаатыра аан бастаан Ньурбаҕа кэлбитинэн оройуон дьаһалтатын, баһылыгын ааттарыттан Олоҥхо тыйаатырын кэлэктиибин эҕэрдэлээтэ. Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Турантаева Мария Васильевна Олоҥхо ассоциациятын салайааччытыгар Тартакынова Р.В. уонна култуура бэтэрээнигэр Олесова Т.П. эҕэрдэ суруктары, Ньурба тыйаатырын кэлэктиибигэр өйдөбүнньүк бэлэҕи туттарда. Испэктээк тухары көрөөччүлэр «Ноо!» диэн сэҥээрэн биир тыынынан астына көрдүлэр.
Алексеева М.В.: «22 сыл буолан баран «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону сэргии,сэҥээрэ, сыаналыы көрдүм. Степанида Борисова толоруутугар дириҥ драматическай айымньыны Саха тыйаатырын сценатыгар көрбүттээхпин. Аны Степанида Борисова туруоруутугар аныгы олоҥхону олус астына көрдүм. Хайдахтаах курдук Орто дойду олоҕун таптаан,бүгүҥҥү олоҕу тутар-уһанар эдэр ыччаты өйдөөн-өйөөн, кинилэр эрэллээх илиилэригэр бэлэх ууммут олоҥхотун көрөн киэн тутта санаатым: хайа баҕарар дойдуга, ханнык баҕарар сценаҕа турар айымньы айыллыбыт!Махтал!»
Иннокентьева Н.М.: “Ньурба куората саҥа тыйаатыр үлэҕэ киириэҕиттэн театральнай Мекка буолла, Олоҥхо тыйаатыра Ньурба олохтоохторун соһутта, үөртэ, саала тобус-толору көрөөччүнэн туолбут, аншлаг. Талааннаах артыыстар оонньууларын бары биир тыынынан көрдүбүт, артыыстар олох көтө сырыттылар, куоластарын араастаан уларытан ыллаатылар, юмортан буффонадаҕа көһүү да баар, уопсайынан, олус ураты испэктээк буолла. Артыыстар бары Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун бүтэрбиттэр эбит, талааннарынан сөхтөрдүлэр.»
Ньурба уонна Олоҥхо тыйаатырдарын доҕордуу көрсүһүүлэригэр артыыстар санааларын эттилэр. Аллараа дойду бухатыырдарыттан айыы аймаҕын харыстааччы, эйэлээх олоҕу түстээччи Кыыс Дэбилийэ оруолун толорбут 2022 с.»Саха» НКИХ буолан ааспыт «Олоҥхо батл» муҥутуур кыайыылааҕа Анастасия Алексеева: «Чурапчы Чакырыттан төрүттээхпин. Биэс сааспыттан олоҥхону толоробун, Арктикатааҕы култуура уонна ускуустуба институтун бүтэрбитим. Бастакы ыытыллыбыт Олоҥхо батлга кыттыбытым. Ньурба көрөөччүлэрэ олус үчүгэйдик көрүстүлэр, махтанабыт.»
Тыҥырахтаах Дыгыйдаан Бөҕө оруолун толорбут Бүлүүттэн төрүттээх Гаврил Менкяров: «Бу олоҥхобут декорацията биир чымадааҥҥа батар курдук аҕыйах, ханна баҕарар тиийэн оонньуохпутун сөп. Ньурба театральнай куорат буолан олох атын көрөөччү диэн бэлиэтии көрдүбүт, тыйаатыры көрө үөрэммиттэрэ энергетикаларыттан биллэр. Ньурба тыйаатырын саҥа дьиэтэ олус үчүгэй эбит, акустиката, сцената барыта драматическай тыйаатырга анаммыт.»
Чугдаан Бухатыыр оруолун толорооччу Дмитрий Захаров: “Оскуолаҕа тойуктан, олоҥхоттон олох тэйиччи этим, төрүт култуура уруогар сүгүн үөрэммэт этим, учууталларым сөхпүттэрэ буолуо. Устудьуоннуу сылдьан Степанида Ильинична Борисоваҕа тойукка үөрэммитим, кини үөрэхпин бүтэрэр сылбар Олоҥхо тыйаатырыгар киирэргэ кастиҥҥа ыҥырбыта. Олоҥхо тыйаатырыгар үлэлиирбинэн киэн туттабын. Бэйэм Ньурбаттан төрүттээхпин. Тыйаатырга үлэлиирим тухары аан бастакытын дойдубар кэлэн оонньоотум. Дьонум-сэргэм, учууталларым иннигэр оонньуурбуттан олус долгуйбутум, ол эрээри сценаҕа тахсааппын кытта долгуйуум ааһан, дьиэбэр сылдьар курдук санаммытым. Көрөөччүлэргэ истиҥник махтанабын.”
Олоҥхоһуту оонньообут Павел Колесов: «Ньурба тыйаатырыгар “Кыыс Дэбилийэ” испэктээкпит уратытык барда. Артыыстарбыт олох туспа тыыннаах көрдөрүү буолла диэн үөрдүлэр. Сценаҕа оонньуу сырыттахха көрөөччү театральнай формаларга үөрэммитэ, бэлэмэ биллэр. Бэйэм бу испэктээккэ ассистенынан үлэлээбитим. Андрей Титович Титаров “Хардааччы Бэргэн” олоҥхотун туруорбутум, инсценировкалары суруйабын, быйыл режиссер үөрэҕин бүтэриэхтээхпин. Бэйэм Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээхпин. Олоҥхо тыйаатыра өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарыгар куруук кыттабыт, саҥа испэктээктэри туруорабыт. Улуустартан сакаас да киирэр.»
Бу курдук, Былатыан Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатыра өрөспүүбүлүкэбит тыйаатырдарын гостуруолларын саҕалыаҕыттан, Ньурба саҥа тыйаатырыгар Сахабыт сирин тыйаатырдара, артыыстара утуу-субуу кэлэн Ньурба дьонун-сэргэтин талааннарынан сөхтөрөллөрө, үгүс үөрүүнү бэлэхтииллэрэ олус үчүгэй.