Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр кэлэктиибин үлэһиттэрэ бары идэлээх сойуус чилиэннэринэн буолаллар. Билигин тыйаатыр идэлээх сойууһун кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн артыыс, СӨ култууратын туйгуна Олег Конощук үлэлиир.  Кэлэктиип сомоҕо буолан оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ буолар аһымал акцияларга кыттар,көмөҕө наадыйар кэллиэгэлэригэр алдьархай үөскүүр түгэнигэр туора турбакка көмө-тирэх буолар үгэстээх.

     Кэлэктиип байыаннай дьайыыга кыттар буойуттарга көмө буолар сыаллаах элбэх аахсыйаҕа кыттан кэллэ. Ол курдук, «Мы вместе» аахсыйа чэрчитинэн анал байыаннай дьайыыга кыттар  саллааттарга былырыын испэктээктэн киирбит үбү СВО фондатыгар ыыппыттара, хас биирдии үлэһит хамнаһыттан харчынан көмө оҥорбута, ону таһынан Ньурба оройуонуттан барбыт икки саллаакка харчы ыыппыттара,  быйыл блиндажнай чүмэчи оҥоруутугар кыттыбыттара.  Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэннэриттэн  испэктээктэргэ  41  киһи сырытта.

    Ыам ыйын 18 күнүгэр Нам уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар буолбут сааскы халаан уутун содула Саха сирин дьонун-сэргэтин улаханнык долгуппута. Ньурба тыйаатырыгар үлэлиир Намтан төрүттээх артыыскалар Анисья Колесова уонна Валерия Протодьяконова дьоннорун дьиэлэрэ ууга барбыттара. Ньурба тыйаатырын кэлэктиибэ улахан иэдээҥҥэ түбэспит  кэллиэгэлэрин дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр сыалтан харчынан көмө оҥорбута. Ол курдук, Колесовтар уонна Протодьяконовтар дьиэ кэргэттэригэр холбоон 88000 солкуобай ыытыллыбыта.  Ньурба оройуонун култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһа(10 тыһыынча солк.),Саха Өрөспүүбүлүкэтин  култуура үлэһиттэрин (10 тыһыынча солкуобай) идэлээх сойууһа  (10 тыһыынча солкуобай) Ньурба тыйаатырын эдэр артыыскаларын дьиэ кэргэттэригэр бэйэлэрин көмөлөрүн ыыппыттара.  Бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбит махталларын тиэрдэллэр.

Колесова Анисья, дьиэ кэргэнэ: «Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыллар. Убаастабыллаах кэллиэгэлэрим, салалтабыт, дьонум кыһалҕалаах кэмнэригэр биир сомоҕо буолан көмө буолбуккутугар сиртэн халлааҥҥа диэри барҕа махтал. Оҥорбут үтүөҕүт сүүс төгүл үтүөнэн эргиллэн кэллин.Ньурба тыйаатырын үлэһиттэригэр истиҥ махтал, тус олоххутугар дьолу , доруобай буолуҥ бука бары, махтаал.»

Валерия Протодьяконова, дьиэ кэргэнэ: «Убаастабыллаах Ньурба театрын коллектива, култуура үлэһиттэрин идэлээх сойууһа! Ис сүрэхтэн улахан-улахан махталбын тиэрдэбин! Кыһалҕалаах кэммитигэр күүс-көмө буолбут, оҕом бииргэ үлэлиир улахан коллективыгар астынан тураммын, сүрэҕим сылаас үөрүүтүттэн махталбын тириэрдэбин! Баҕарабын тус олоххутугур, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, тапталы,үөрүүнү! Сылаас,истиҥ сыһыаны! Махталы кытта Нам улууһуттан Хатырык дэриэбинэтиттэн Обутовтар.”

    Ньурба тыйаатырын кэлэктиибэ  Ньурба оройуонун, Сахабыт сирин култуура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарыгар  үлэһиттэрбит кыһалҕаларын өйдөөн, өрүү көмө-тирэх буоларгытыгар махталбытын тиэрдэбит, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Похожая запись