Сэтинни 18 күнүгэр Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр «66 устуудьуйа» кыра саалатыгар саха чулуу уола П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар анаммыт Литературнай салон буолан ааста.
П.А. Ойуунускай аатын үйэтитэр, литератураҕа интэриэһи тардар, ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах тэрээһин маҥнайгы ыалдьыттарынан Михаил Софронович Егоров аатынан Ньурба иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын учууталлара Иннокентьева Л.Р., Тимофеева А.А., Степанова У.И. уонна 7,8,9 кылаастар үөрэнээччилэрэ буоллулар.
П.А. Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрэр матырыйааллар, Ньурба тыйаатырыгар туруоруллубут испэктээктэртэн хаартыскалар көрдөрүлүннүлэр. СӨ үтүөлээх артыыската Майя Слепцова, СӨ култууратын туйгуна Вера Лазарева уонна Анисья Колесова П.Ойуунускай «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыатын истиҥ иэйиилээхтик толордулар.
1932 сыллаахха муус устар ыйга Ялтаҕа сылдьан «Бырастыы» суруйбут хоьоонун Щепкин аатынан театральнай училище алтыс саха устуудьуйатын выпускнига Ефрем Татаринов аахта.
Петр Винокуров «Уустук үллэһик» кэпсээни ааҕыытыгар артыыстар Борис Борисов, Вера Лазарева, Роман Семенов, СӨ үтүөлээх артыыската Венера Никитина айымньы уобарастарын арылхайдык көрдөрдүлэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Борис Борисов “Олох дуу, түүл дуу”, СӨ үтүөлээх артыыһа Петр Винокуров «Үгэспинэн буоллаҕа дии”, СӨ үтүөлээх артыыската Людмила Васильева Максим Горькай “Буурҕаһыт”, СӨ үтүөлээх артыыската Александра Кривогорницына «Мөккүөр» айымньылары иэйэн-куойан аахпыттарын көрөөччүлэр тутан олорон, чугастан истэн Ойуунускай ырыатын, хоһоонун, кэпсээнин астына-дуоһуйа сэргээтилэр.
Ньурба 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 9 «б» кылааһын уоланнара «Көҥүл ырыата» (салайааччы Тимофеева Айтилля Анатольевна) хоһоону ааҕан кытыннылар.
Ньурба тыйаатырыгар Платон Алексеевич Ойуунускай айымньыларынан СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий Макаров “Кыһыл Ойуун”(1993), “Харахтанаары кэлбиттэр”(2003), “Оҕо куйуурдуу турара”(2018), “Син биир буолбаат?!!”(2022) испэктээктэри туруорбута. Оттон сотору кэминэн Платон Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аныыр саҥа испэктээгэ көрөөччү дьүүлүгэр тахсыаҕа.
“Син биир буолбаат?!!” испэктээктэн быһа тардыыны бу туруорууга Платон Ойуунускай оруолун толорбут Петр Филиппов, Максим Аммосов сүрүн оруолун оонньообут Саргылан Третьяков уонна Роман Семенов, Валерия Протодьяконова, Сайыына Герасимова көрдөрдүлэр. Платон Ойуунускай 1919 сыллаахха көскө олорон доҕоругар Максим Аммосовка анаабыт «Син биир буолбаат!» хоһоонунан кыттыбыт артыыстар бары тэрээһини түмүктээтилэр.
М.С.Егоров аатынан Ньурба иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын https://vk.com/sc2nyur сирэйигэр тахсыбыт иһитиннэриини сэргээҥ: “Сэтинньи 18 күнүгэр саха советскай литературатын төрүттээбит филолог-учуонай, уһулуччулаах судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сааһыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ Ньурба тыйаатырын артыыстара оскуола учууталларын, үөрэнээччилэрин ыҥыран соһуччу бэлэх оҥордулар. «66-с устуудьуйа»саалатын литературнай көстүүнэйигэр бастакы ыалдьыттар буолбуппутуттан олус үөрдүбүт, долгуйдубут. Киэн туттар суруйааччыбыт олоҕун, айымньыларыттан ааҕыылары артыыстар толорууларыгар умсугуйан олорон иһиттибит. Хайдахтаах да киһи долгуйан олорон истибэт буолуоҕай, сахалыы дорҕоон, тыл дьүөрэлэһэн сааһыланан тахсыытын эгэлгэ дьэрэкээн өҥнөөн, ис- иһиттэн куйуһутан көтүтэн таһаарар дьикти ураты тыыннаах Тыл маастарын Борис Иванович ааҕыыларын! Хайа да түгэҥҥэ, ханна да буоллун, оҕолор өйдөрүгэр-санааларыгар умнуллубаттык иҥэн хаалыа турдаҕа кэпсэтии жанрын дьиҥнээхтик баһылаабыт биһиги киэн туттар артыыстарбыт Борис Борисов, Майя Слепцова, Людмила Васильева, Александра Кривогорницына, Петр Винокуров уонна эдэр артыыстар бэйиэт хоһооннорун сахалыы тылынан аахпыттара.
Төрөөбүт тылбыт «сөрүүн сүөгэй курдук» биһиги туоххаһыйбыт, чычаарбыт дууһабытын ситэрэн,толорон биэрэр абылаҥнаах кэрэ түгэнэ диэн дьэ бу буоллаҕа! Артыыстары сэргэ оскуолабыт 9″б» кылааһын уоланнара «Көҥүл ырыата» хоһоон аахтылар (сал.Тимофеева А.А.). Тэрээһини салайан ыыппыт ытыктыыр Мария Егоровнабытыгар, тыйаатырбыт артыыстарыгар махтал үтүө тылларын аныыбыт уонна «Аныгыс көрсүөххэ диэри» диибит.”
А.Комогорцева хаартыскаҕа түһэриилэрэ