Ахсынньы 19 күнүгэр Дьокуускай куоракка Саха академическай тыйаатыр сценатыгар Махсыым Омуоһап төрөөбүтэ 125 уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылларыгар анаан Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатырын дириэктэрэ, уус-уран салайааччыта СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий Макаров туруорбут “Син биир буолбаат?!!” испэктээгин премьерата буолла. Испэктээк худуоһунньуга Туйаара Львова, оруоллары тыйаатыр эдэр артыыстара толороллор: Махсыым Омуоһап – Саргылан Третьяков, Былатыан Ойуунускай кута — Петр Филиппов, Өксөкүлээх Өлөксөй кута — Александр Кириллин, Ийэ- СӨ култууратын туйгуна Сардана Михайлова, Эсер – Роман Семенов, Аэлита –Сайыына Герасимова, Яна — Валерия Протодьяконова, Раиса Цугель, Лена – Мария Дегтярева, Хатан Тэмиэрийэ – Мария Мигалкина, НКВД үлэһитэ — СӨ култууратын туйгуна Артур Евсеев.
Ахсынньы 20 күнүгэр Ньурба тыйаатырын уон алта киһилээх делегацията Махсыым Омуоһап төрөөбүт сиригэр Нам улууһун Хатырыгар сырытта. Ол туһунан нэһилиэк пресс-киинэ маннык суруйар: «Ахсынньы 20 күнүгэр, улуу убайбыт Максим Аммосов туһунан “Син биир буолбаат?!!” диэн спектакль премьератын Ньурба театра, режиссер Юрий Макаров туруорбутун көрдүбүт.Оскуола спортивнай саалатыгар оҥоһуллубут сцена биһиэхэ сөп курдук көһүннэ. Дьон кэлэ сатаабыт эрээри, Максим Аммосов биир дойдулаахтара өссө кэлбиттэрэ буоллар дии санаатым. Спектакль көрбөтөх ырааппыт эбит, урут сэбиэскэй саҕана нэһилиэккэ артыыстар кэлэллэрэ бырааһынньык курдук буолара. Ол саҕана кулуупка киһи лыык курдук мустара. Онно артыыстар пьесаны тылыттан тылыгар түһэрэн оонньууллара, билигин атын буолбут. Режиссер аныгылыы хараҕынан көрөн, киһини толкуйдатар гына оҥорбут. Уоту-күөһү бэркэ туттар буолбуттар. Былатыан Ойуунускай доҕоругар Максим Аммосовка суруйбут “Син биир буолбаат?!!” диэн хоһоон тула спектакль барда. Кыракый Максим таптаан ааҕар М. Горькай “Старуха Изергиль” сэһэнигэр баар Данко курдук норуотугар сүрэҕин биэриэн баҕарара. Оттон биһиги кини сүрэҕин сылааһын билэн кэллэхпит. Спектаклы аныгылыы хараҕынан биир тыынынан көрдүбүт, хайҕаатыбыт. Хатырык дьаһалтатын баһылыга Юрий Дьяконов спектакль ситиһиилээхтик барбытынан уонна Юрий Алексеевич 60 сааһынан эҕэрдэлээтэ, сэмэй бэлэх туттарда. Өссө биир үөрүүлээҕэ, бэйэбит оҕобут Валерия Протодьяконова Ньурба театрыгар артыыһынан үлэлээн, дьонугар-сэргэтигэр кэлэн талаанын көрдөрбүтэ буолар. Эдэр киһиэхэ ситиһиилэри баҕаран туран сибэкки дьөрбөтүн туттардылар. Хатырыктар Улуу убайдарын туһунан сыралаһан туран бэртээхэй спектаклы туруорбут Юрий Алексеевич Макаровка махтал тылларын тиэрдэллэр. Маны тэҥэ, Ньурба театрын артыыстара Хатырык кэрэ-бэлиэ миэстэлэринэн сырыттылар. Максим Аммосов төрөөбүт Аччыгый Арыытыгар киирэн аал уоту аһаттылар, ытык сир айылҕатын кытта алтыстылар. Саҥа өрөмүөннэнэн бүппүт Судаарыстыбаннас түмэлин дуоһуйа көрдүлэр. Юрий Макаров харда тылыгар М. Аммосов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин научнай сотруднига Станислав Дьяконовка улахан махталын биллэрдэ, кини баар буолан спектакль ситтэ-хотто диэтэ. Хатырык сирэ-уота киһини тарда турарын бэлиэтээтэ. Өрөгөйдөөх сылынан спектаклы босхо көрдөрөн олохтоохтору үөртүлэр.”
Манна даҕатан эттэххэ, олохтоохтор кэпсээбиттэринэн, Ньурба тыйаатыра саҥа тэриллэрин саҕана, Христофор Максимов үлэлиир кэмигэр, Хатырыктан икки артыыска, худуоһунньук үлэлээбиттэр. Онон, Ньурба тыйаатыра бу нэһилиэги кытта уруккуттан сибээстээх, тыйаатыр атаҕар турарыгар Хатырыктар эмиэ оруоллаахтар эбит.
Ахсынньы 21 күнүгэр Ньурба тыйаатырын делегацията сотору кэминэн үлэҕэ киириэхтээх Намнааҕы култуура дыбарыаһыгар сырытта оттон киэһэ Аппааны нэһилиэгин дьонугар-сэргэтигэр “Син биир буолбаат?!!” испэктээги көрдөрдө.
Тыйаатыр делегациятын састаабыгар Намтан төрүттээх эдэр артыыскалар, СӨ култууратын туйгуна Сардана Михайлова, Анисья Колесова уонна быйыл Арктикатааҕы култуура институтун бүтэрбит Валерия Протодьяконова бааллара биир дойдулаахтарыгар туспа үөрүүлээх түгэн буолбута саарбаҕа суох. Истиҥник, сылаастык көрсүбүттэрин иһин Нам улууһун олохтоохторугар, бары тэрийээччилэргэ тыйаатыр аатыттан махталбытын тиэрдэбит.
Ахсынньы 22 күнүгэр тыйаатыр артыыстара «Чаҕылхай Махсыым суолунан» диэн сыл устата ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи култуурнай тэрээһиннэри түмүктүүр маассабай театрализованнай дьүһүйүүгэ кытыннылар.
Ньурба олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар Махсыым Омуоһап төрөөбүтэ 125 уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылларыгар анаан Юрий Макаров туруорбут “Син биир буолбаат?!!” испэктээгин ахсынньы 28 күнүгэр киэһэ 19 чааска көрдөрүөхпүт.