Ийэ күнэ —  ийэни үрдүктүк тутуу, киниэхэ муҥура суох тапталы, махталы биллэрии күнэ. Бэҕэһээ, алтынньы 18 күнүгэр, тыйаатыр айар бөлөҕүн кыттааччылара Маарга   Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылларыгар анаан  уонна Ийэ күнүн көрсө калмык  норуодунай суруйааччыта Алексей Балакаев айымньытынан  СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий Макаров туруорбут «ИЙЭ СҮРЭҔЭ» номох-драманы көрдөрдүлэр. Маар  олохтоохторо испэктээги сэргээн көрдүлэр, көрөөччүлэр истиҥ санааларын тиэртилэр.  

Мария Николаевна   Никифорова: “Бүгүн биһиэхэ Маарга Ийэ күнүн көрсө бэртээхэй бэлэх испэктээк буолла.Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр калмык норуодунай суруйааччыта Алексей Балакаев «Ийэ сүрэҕэ» айымньытынан СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Юрий Макаров туруорбут испэктээгэр  дьон кулууп дьиэҕэ сонун испэктээги көрөөрү тоҕуоруһа мустан долгуйа кэтэстэ.Испэктээк саҕаланна,хара маҥнайгыттан көрөөччү интэриэһин тардан оҕолуун улаханныын сэгэйэ-сонургуу испэктээк иһигэр баар буолан хааллыбыт.Биир бэйэм ханнык да испэктээк буоллун, кинигэни ааҕа олорор курдук турукка киирэн аттыбар туох да баарын умнан көрөр идэлээхпин.Төһө да атын омук айымньытынан испэктээк көрдөрбүн,барытын чугастык ылынан, өйдөөн астына-дуоһуйа көрдүм.Ол курдук үрдүк маастарыстыбалаахтык толорор да буолаллар эбит диэн хайгыахпын эрэ баҕарабын.Саҥа үүнэн тахсан эрэр, саастаах сиппит-хоппут артыыстарбытыгар маннык үчүгэй испэктээги ийэ күнүнэн бэлэх ууммуттарыгар барҕа Махтал, инникитин да дьон интэриэһин тардар испэктээкиллэрин туруоран дьон махталын,сэҥээриитин,тапталын ыла турдуннар.Саамай саастаах артыыска Майя Слепцова хайдах курдук чэпчэкитик туттан-хаптан эдэрдэри кытта үҥкүүлүүрүн сөҕө көрдүм,наһаа сөбүлүүр артыыскам,киинэлэргэ оруолун олус да бэркэ оонньуур артыыска,бэйэбит кыыспыт Вера оонньуур маастарыстыбата үрдээбитин үөрэ, долгуйа көрдүм, биһиги Маарбытыттан маннык артыыска тахсан эрэриттэн үөрэбин,инникитин да оруолларын итэҕэтиилээхтик толорон дьон интэриэһин тарда турдун,бары да артыыстар маладьыастар,олох сирэйдэрин мимикатыттан,тутталларыттан, саҥарар саҥаларыттан оруолларын толору биэрэн сүрдээх үчүгэй испэктээкили туруордулар, биһиги Ньурбабыт драматическай тыйаатырын артыыстара маладьыастар эрэ дьиэхпин баҕарабын, тус олохторугар дьол-соргу эрэ тосхойдун, ситиһии эрэ сиэтистин,өссө төгүл доруобай,дьоллоох эрэ буоллуннар,бэҕэһээ испэктээк көрөн сэргэхсийии,бырааһынньык курдук ааста.”

Валентина Васильевна Петрова: “Бүгүн Маарга Ньурба театрын артыыстара  Ю. Макаров туруоруутугар сүрдээх үчүгэй, киһи сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр «Ийэ сүрэҕэ» диэн испэктээги көрдөрдүлэр. Биһиэхэ үөрүүлээҕэ, сүрүн оруолга, бэйэбит кыыспыт Вера Лазарева сүрдээх чаҕылхайдык, итэҕэтиилээхтик толорон сүргэбитин көтөхтө, кыыспытынан киэн туттан, астынныбыт, үөрдүбүт. Артыыстарбыт оруолларын бары күүскэ арыйдылар, сорох-сорох түгэннэргэ кинилэр эйгэлэригэр киирэн олорон көрдүбүт, иһиттибит, тэҥҥэ сылдьыспыт курдук түгэннэр биир бэйэбэр үөскээн ыллылар. Хас биирдии оруол киһи дууһатын кылын таарыйан, билбэтэххин билэн истибэтэххин истэн дуоһуйдубут. Үс саҥа артыыстары көрөн, сүрдээх талааннаах оҕолор кэлбиттэр диэн үөрдүбүт.  Үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.”     

Анна Абишева: “Театр бу айымньыны саамай сөптөөх кэмигэр бэркэ таһаарбыт. Билиҥҥи биһиги олорор кэммитигэр баар кыһалҕалары сытыытык таарыйар. Артыыстар бары уобарастарын дьоҥҥо тиэрдэр,итэҕэтэр гына оонньоотулар.”

       Ньурба тыйаатыра Ийэ буолуу дьолун билбит күн күбэй ийэлэри, сиэн туһугар күннэтэ түбүгүрэр элэккэй эбэлэри, далбар хотуттары, килбик кийииттэри кэлэн иһэр Ийэ күнүнэн эҕэрдэлиир. Ийэлэргэ баҕарабыт сир үрдүгэр баар бары кэрэни, үчүгэйи,  ыраас халлааны, күлүмнүүр күнү! Таптыыр,таптатар дьолун билиҥ,оҕолоргут, сиэннэргит ситиһиилэринэн кынаттанан,олоххут кэрэни эрэ кэрэһэлээтин,кэскили эрэ түстээтин,үөрүү үктэллээх,дьоллоох олох аргыс буоллун,дьол-соргу тосхойдун!

Күндү көрөөччүлэрбитин бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр киэһэ 18 чааска «Ийэ сүрэҕэ» испэктээккэ ыҥырабыт!

Похожая запись