Ньурба тыйаатырын Үөһээ Бүлүү улууһугар гостуруоллуур айар бөлөҕө бүгүн төрдүс күнүн нэһилиэктэргэ ыалдьыттыыр. Бөлөх салайааччыта Леонид Анисимов: «Дүллүкүгэ, Мэйиккэ, Далырга сырыттыбыт. Бу киэһэ Боотулуга оонньоору бэлэмнэнэ сылдьабыт. Нэһилиэктэргэ култуура үлэһиттэрэ итии чэй бэлэмнээн олус сылаастык көрсөллөр, барыларыгар айар бөлөх кыттааччыларын ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит.  Дьон сылдьыыта орто, испэктээги сөбүлээн көрөллөр, оҕолорго көрдөрөр “Тили-Мили Трямдия” остуоруйабытын эмиэ олус сэргииллэр.

Далыр култуура уонна сынньалаҥ дьиэтин үлэһиттэрэ: “Балаҕан ыйын 24 күнүгэр Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатыр  үлэһиттэрэ Далыр нэһилиэгэр кэлэн кырачаан оҕолорго остуоруйа уонна «Ийэ сүрэҕэ» (туруорааччы-режиссер Юрий Макаров) испэктээги көрдөрөн үөрүүбүтүн үс бүк үрдэтэн, саха куппутун уһугуннаран, сүрэхпитин манньытан бардылар.Испэктээк уотун-күөһүн кыайа туппуттар. Көрөөччүлэр испэктээк түмүк чааһын «браво», «бис» хаһыынан доҕуһуоллаан артыыстарга кэрэ түгэни бэлэхтээтилэр.Артыыстар бэркэ да оонньууллар, оруолларыгар киирэллэрэ киһини сөхтөрөр! Саала иһэ толору. Олус сэргээн көрдүбүт,ытамньыйан,абаккаран да ыллыбыт. Далыр нэһилиэгин бары дьонун аатыттан махтанабыт! Куруук маннык, көрөөччүлэргит махталын ыла,улуу уһуйар үлэҕитинэн саҥаттан саҥа талааннары үүнэр үктэл ситиминэн сириэдитэ туруҥ!”

Көрөөччүлэр санаалара: «Далыр нэьилиэгэр сэргэх киэһэ буолла, ыаллыы сытар Ньурба улууһун көһө сылдьар драмтеатра кэлэн олус үчүгэй «Ийэ сурэҕэ» диэн испэктээги көрдөрдүлэр, астынныбыт. Артыыстара оонньууллара учугэйиин, дириҥ ис хоһоонноох, киһини уйадытар, ардыгар кыыьырдар тугэннэрдээх. Баҕарабыт айар үлэҕитигэр өссө үрдүк ситиһиилэри, саҥаттан саҥа туруоруулары, элбэх истиҥ иһирэх көрөөччүлэри.»

«Наһаа да үчүгэй испэктээкили көрдүбүт. Киһи дууһатын таарыйар. Көрбүт  дьон сорох түгэниттэн абаккарбыт да буолуохтаах, ытаабыт да буолуохтаах, күлбүт да буолуохтаах. Ньурба театырдарыгар кэлэн маннык учугэй киэһэни биһиэхэ бэлэхтээбиттэригэр улахан махтал. Сыралаах үлэлэрэ сыаналана, элбэх дьон махталын ыла турдуннар.»

Похожая запись