Октябрьскай нэһилиэккэ атырдьах ыйын 21-23 күннэригэр IX Спортивнай оонньуулары көрсө ыытыллыбыт «Маһы ыллатар уран тарбах» аһаҕас уустар күрэхтэригэр Ньурба тыйаатырыттан «Көмүс кынаттар» хамаанда кытынна. Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээх постановочнай чаас сэбиэдиссэйэ, уус, скульптор идэлээх Валерий Стручков уонна Ньурба Дьаарханыттан төрүттээх артыыс Петр Филиппов эһиил Ньурбаҕа ыытыллар Спортивнай оонньууларга анаабыт оҥоһуктара дьон-сэргэ болҕомтотун тарта, Октябрьскай нэһилиэк пааркатын биир ураты көстүүтүнэн буолла.



Биэс улуустан уон хамаанда кыттыбыт күрэҕин түмүгүнэн тыйаатыр үлэһит, талааннаах уолаттара «Сатабыллаах туттуу» анал ааты ылан бириистэринэн наҕараадаланнылар. Кэллиэгэлэрбитин Валерий Стручкову уонна Петр Филипповы «Маһы ыллатар уран тарбах» аһаҕас уустар күрэхтэригэр ситиһиигитинэн эҕэрдэлиибит, бар дьон сэҥээриитин, сөҕүүтүн-махтайыытын ылбыккытынан киэҥ туттабыт!

