Балаҕан ыйын 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр улахан суолталаах күн. 1990 с. бу күн Судаарыстыба суверенитетын туһунан декларация ылыныллан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһа бигэргэммитэ. Бу историческай докумуон Өрөспүүбүлүкэбит инникитин тутулуга суох сайдарын түстээбитэ.
Бүгүн Ньурба куоратыгар Саха судаарыстыбаннаһын төрүттэспит, биллиилээх судаарыстыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэл, профсоюзнай хамсааһын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит Степан Васильевич Васильев төрөөбүтэ 130 сылыгар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүгэр анаммыт тэрээһин Степан Васильев аатынан болуоссакка буолла.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ньурба тыйаатырын артыыстара Данилов Э.Ф. айымньытынан Алгыс Макаров туруорбут «Булгуруйбат модун санаалааҕа» испэктээктэн быһа тардыыны көрдөрдүлэр.


Ытык-мааны Сахабыт сирин олохтоохторо!
Ньурба тыйаатырын аатыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Күндү биир дойдулаахтарбытыгар хас биирдиигитигэр чэгиэн чэбдик олоҕу, бары үтүөнү, үрдүк ситиһиилэри, сарсыҥҥыга эрэли баҕарабыт!
