Балаҕан ыйын 10 күнүгэр Ньурба тыйаатырыгар саха норуотун тапталлаах ырыаһыта, биллиилээх мелодиһа, самодеятельнай композитора, Саха АССР норуодунай уонна үтүөлээх артыыһа, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Христофор Трофимович Максимов сырдык кэриэһигэр аналлаах олус истиҥ, иһирэх көрсүһүү буолла. Христофор Максимов 1966 сыллаахха саҥа тэриллибит Ньурбатааҕы судаарыстыбаннай көһө сылдьар драматическай тыйаатырыгар Саха тыйаатырыттан күүс-көмө быһыытынан ананан кэлбитэ. 1969 сыллаахха Ильшат Юмагулов айымньытынан Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Норуоттар доҕордоһуулара уордьан кавалера Спартак Слепцов туруорбут «Нэркэс” романтическай номоххо норуот муудараһын, үтүө суобаһын символа буолбут буолбут санаа-оноо ураты оонньооһуннаах психологическай уобараһы – Илсегул кырдьаҕаһы Христофор Трофимович кыайа-хото итэҕэтиилээхтик айбыта.
Комик быһыытынан «Күкүр Ууска” Найы, Иван Бочкарев “Күн тахсыыта” комедиятыгар Экиэ оҕонньору оонньообутун оччотооҕу көрөөччүлэр бары хайҕаабыттар. Христофор Максимов Суорун Омоллоон «Айаал” трагедиятыгар -Таам таратыы, А.Попов “Харачаас” пьесатыгар Симон оҕонньор, Михаил Шолохов «Тиэриллибит кырыһыгар” Кондрат Майданников, Александр Фадеев “Эдэр гвардиятыгар” подпольщик Филипп Лютиков, Иван Алексеев “Бүлүү хаайыылааҕар” Сэрбээ оҕонньор уобарастарын айбыт, ойуунтан коммунистка, полковникка тиийэ араас характердаах оруоллары толорбут киэҥ амлуалаах артыыс этэ.
Көрсүһүү туһунан эдэр артыыска Анисья Колесова маннык кэпсээтэ: «2027 сылга кэхтибэт кэрэ талаан, Ньурба тыйаатырыгар үлэлээн ааспыт саха норуота таптыыр ырыаһыта, артыыһа Христофор Трофимович Максимов төрөөбүтэ 110 сыла туолар. Биһиги тыйаатырбытыгар Христофор Трофимович уола Иннокентий Христофорович Максимов кэргэнинээн Муза Спартаковналыын ыалдьыттаатылар, аны түөрт сылынан буолар үбүлүөйдээх даатаны көрсө инники былааннары, туох үлэ барыахтааҕын, сквер туруоруутун туһунан сырдаттылар. Сунтаар Түбэй Дьаарханыттан анаан-минээн кэлбит тыйаатыры төрүттэспит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Фрументий Петрович Сафронов, кини кэргэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Нина Ильинична Потапова, тыйаатырбыт түмэлин салайааччыта, СӨ норуодунай артыыската Валентина Пантелеймоновна Николаева, СӨ үтүөлээх артыыската Александра Константиновна Кривогорницына Христофор Максимовы кытта бииргэ үлэлээн ааспыт сылларын туһунан сылаас тылынан ахтан аастылар. Бу сылаас эйгэлээх кэпсэтиини тыйаатыр араас көлүөнэ артыыстара олус сэргээн иһиттилэр, элбэҕи биллилэр. Эдэр көлүөнэ артыыстар үксүбүт Киристэпиэли ырыаһыт эрэ быһыытынан билэр эбит буоллахпытына, аҕа саастаах дьоммут кэпсээннэриттэн кини хайдахтаах курдук айылҕаттан дьоҕурдааҕын, ханнык оруоллары толорбутун, киһи быһыытынан уратытын истэн биллэхпит, харахпытыгар ойуулаан көрдөхпүт. Көрсүһүү кэнниттэн СӨ үтүөлээх артыыската Майя Петровна Слепцова ыалдьыттары Муза Спартаковнаны уонна Иннокентий Христофоровиһы оҕо саастара ааспыт, Христофор Максимов олорбут, билигин кини аатын сүгэр уулуссатыгар турар уопсай дьиэҕэ сирдээн илдьэ сырытта.»